Иэдээн төрдө — сэрэҕэ суох, дьалаҕай буолуу…
11:10 25.02.2024
Уоттан тахсар иэдээннээх быһылааннар аан дойдуга сыл ахсын сүүһүнэн тыһыынча киһи олоҕун былдьыыллар.
Арассыыйаҕа, ЫБМС бэлиэтииринэн, сылга 10-11 тыһыынча киһи уокка былдьанар. Саамай ынырыга, бу быһылааннарга сатаан бэйэтин быыһанар, көмүскэнэр кыаҕа суох кырачаан оҕолор эмсэҕэлииллэр…Үөһээ Бүлүү быһылаана
Олунньу 4 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһугар 2 уонна 5 саастаах убайдыы бырааттыы оҕолор баһаарга суорума суолламмыттара. Түөрт оҕо өрөбүл күн эбээлээх эһээлэригэр күүлэйдии кэлбиттэр. Баһаар олус соһуччу, оруобуна оҕолор төрөппүттэрэ маҕаһыыҥҥа барбыт кэмнэригэр саҕаламмыт. Оҕолор хас өрөбүл ахсын сынньана, баанньыктана кэлэллэр эбит. Аҕыйах мүнүүтэ иһигэр уот тарҕана охсон, төрөппүттэр кэлиилэригэр дьиэ аһаҕас уотунан көрсүбүт. Алта ыйдаах оҕону эбээлэрэ көтөҕөн таһаарбыт, ахсыс кылааска үөрэнэр уол иккис этээстэн ыстанан тыыннаах хаалбыт. Хомойуох иһин, икки кыра уолаттары дьиэ иһиттэн булбакка, оҕолор буруоҕа тумнастан балыыһаҕа тиийэн тыыннара быстыбыта… Саха сирин силиэстийэлиир кэмитиэтэ РФ Холуобунай кодексатын 109 ыст. 3 ч. сэрэҕэ суохтан дьон өлүүлээх иэдээҥҥэ тиэрдии иһин холуобунай дьыаланы тэрийбитэ. Баһаар тахсыбыт сүрүн төрүөтэ, улуус биир кэлим диспиэччэрскэй сулууспатын үлэһитэ иһитиннэрбитинэн, уот ситимин боруобатыттан барбыт буолуон сөп диэн сабаҕалаабыт. Дьиэтэ-уота суох туран хаалбыт сүтүктээх дьиэ кэргэҥҥэ кэлэр сайыҥҥа диэри улуус дьаһалтата дьиэ биэриэхтээҕин туһунан Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин баһылыга Максим Силигиянов иһитиннэрбитэ. Маны сэргэ, АДПИ диэн баһаары сэрэтэр тэрили дьиэ ахсын туруоруу туһунан улууска дьаһал тахсыбыта.Нам иэдээнэ
Олунньу 15 күнүгэр Нам улууһун Кириэс Кытыл нэһилиэгэр чааһынай дьиэҕэ тахсыбыт баһаарга икки оҕо тыына быстыбыта. Баһаарынайдар кэлиилэригэр дьиэ иһэ буруонан туолан көрсүбүт. Дьиэни уокка былдьаппакка быыһаабыттара. Ол эрээри, хомойуох иһин, 4 уонна 6 саастаах икки оҕо буруоҕа тумнастан тыыннара быстыбыта. Оҕолор барахсаттар икки атын-атын ыал оҕолоро. Ийэлэрэ аймахтыы буолан биирдэрин дьиэтигэр улахан киһи көрүүтэ суох иккиэйэх хаалларбыттар. Кылгас кэм иһигэр уот өрө турбут. Оҕолор өлүүлээх иэдээн тахсыбытынан, Саха сиринээҕи Силиэстийэлиир кэмитиэт эмиэ холуобунай дьыала тэрийбитэ. Бэлиэтээн суруйдахха, былырыын сайын от ыйын 25 күнүгэр Лермонтов уулуссатыгар баар элбэх кыбартыыралаах дьиэ 15-c этээһин болкуонугар тахсыбыт баһаарга биэс саастаах оҕо эмсэҕэлээбитэ. Оҕону суһал мэдиссиинэ көмөтүнэн ожоговай кииҥҥэ аҕалбыттара да, барахсан этэ-сиинэ 90% уокка сиэтиллэн, сотору кэминэн тыына быстыбыта.
Оттон Дьокуускай куорат чааһынай дьиэлэригэр, даачаларга төһөлөөх элбэх баһаар тахсарый? Сайын устата социальнай ситимҥэ туга даҕаны суох, турар бэйэлэринэн хаалбыт дьоҥҥо көмө көрдөөһүн туһунан элбэх биллэрии тахсар. Ааспыт сайын “Сатал” түөлбэҕэ хас даҕаны чааһынай дьиэҕэ уот ситимиттэн, этиҥтэн сылтаан баһаар буолбут.Баһаар туохтан тахсарый?
Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ, даачаларга баһаар үксүн уот ситимиттэн эбэтэр ситэ умуруоруллубатах табах уотуттан тахсар. Оттон чааһынай дьиэлэргэ маннык баһаардар үксүн саас, күһүн бөх уматыытыттан, учаастак сири өртөөһүнтэн, тыаллаах күн шашлыктааһынтан, уот ситимин (электричество) прибордарын сэрэҕэ суох туттууттан тахсар. Хас биирдии киһи дьиэтиттэн тахсаары туран, уот ситимиттэн барытын араарбытын дуу, суоҕун дуу бэрэбиэркэлиэхтээх. Суотабай төлөпүөн иитиллэр боруобатын (зарядник) розеткаҕа холбоон хаалларымаҥ диэн сүбэлииллэр.
Баһаар тахсыбыт сүрүн төрүөтэ – уот ситимин эрэсиимин кэһиллиитэ
СӨ ЫБММ надзорнай уонна сэрэтэр үлэ управлениетын баһаар статистическай учуотун салаатын начаалынньыга Яна Лапеко:
— Статистика көрдөрөрүнэн, Саха сиригэр уопсайа 221 баһаар бэлиэтэммит. Онтон 147 баһаар дьон олорор дьиэтигэр буолбут. Баһаарга сыл саҕаланыаҕыттан 11 киһи тыына быстыбыт. Хомойуох иһин, онтон түөрдэ – оҕо. Баһаар тахсыбыт сүрүн төрүөтүнэн уот ситимин эрэсиимин кэһиллиитэ буолар, ону сэргэ уоту туттууга сэрэҕэ суох буолуу. Билиҥҥи туругунан, Дьокуускай куорат дьаһалтатыгар АДПИ тэрили туруортарыыга сайабылыанньа хомуйуута саҕаланна. АДПИ-ны туруоруу үлэтэ элбэх оҕолоох, уустук балаһыанньаҕа түбэспит дьиэ кэргэттэргэ ыытылла турар. Бу тэрили туруортарарга Дьокуускай олохтооҕо бырапыыскалаах буолуохтаах. Сайаапканы түһэрии Дьокуускай куорат уокуругун быраабатын нөҥүө эмиэ оҥоһуллар. Хас биирдии ыал дьиэтигэр АДПИ туруортарара булгуччулаах.АДПИ диэн тугуй?
Баһаары сэрэтэр автономнай биллэрээччи (автономный дымовой пожарный извещатель). Бу анал тэрил буруо таҕыстаҕына, баһаары сэрэтэн тыаһаан, куттал суоһаабытын биллэрэр. АДПИ-ны дьиэҕэ туруортарар уустуга суох. Анал ханнык даҕаны ситим наадата суох. Сылга биирдэ батарыайатын эрэ уларытыахха наада. Тэрил баһаар саҥа саҕаланан эрдэҕинэ биллэрэн, дьону уоттан эмсэҕэлээһинтэн өрүһүйэр.Ааптар: Ульяна Захарова